Сөмөлүөтү перегоннуохха сөп үс барыйааны ырытан көрөн баран, Анадырь – Магадан – Дьокуускай – Киренскэй – Красноярскай суолун талбыттара. Бу суол үчүгэйэ диэн, муора үрдүнэн көтүүтэ аҕыйах буолан, күүстээх тыалга аҕыйахтык түбэһиэххэ сөп этэ, иккиһинэн, улахан нэһилиэнньэлээх пууннарынан ааһан Сибиир тимир суолугар тиийэр, мантан фроҥҥа түргэнник тиийиэхтэрин сөбө. Бу суолу “Красноярская воздушная трасса Военно-Воздушных сир Красной Армии” (КВТ ВВС КА) диэн ааттаабыттара.
Тутуу начальнигынан Д.Е.Чусов анаммыта, политчааска солбуйааччытынан – В.С.Мигинов.
1942 сыллаахха атырдьах ыйын 3 күнүгэр тахсыбыт Оборона кэмитиэтин уурааҕар олоҕуран, Америкаттан бойобуой сөмөлүөттэри перегоннаан аҕаларга анаан аэродромнары тутуу, техническэй өттүнэн хааччыйыы саҕаламмыта. Олох кылгас кэмҥэ Дьокуускай, Киренскэй портара тупсарыллыбыттара, Сеймчаҥҥа, Марковоҕа, Уэлькальга, аара түһэн ааһарга Өлүөхүмэҕэ, Өймөкөөҥҥө, Канскайга, Алдаҥҥа, Зырянкаҕа, Төҥүлүгэ саппаас аэродромнар тутуллубуттара.
Атырдьах ыйыгар Иваново куоракка сөмөлүөтү перегоннуурга анаан 5 авиаполк тэриллибитэ. Салайааччынан биллиилээх полярнай летчик, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Илья Павлович Мазурук анаммыта. Бу салгын суолун уопсай уһуна – 6371 километр. Бастакы сүһүөххэ Фэрбенкс – Уэлькаль, 1500 км, иккис Уэлькаль – Сеймчан, 1400 км, үһүс Сеймчан – Дьокуускай, 1167 км, төрдүс Дьокуускай – Киренскэй, 1339 км, бэһис Киренскэй – Красноярскай, 965 км. Хас сүһүөх ахсын биирдии авиаполканы сыһыарбыттара. Алтынньы 6 күнүттэн сөмөлүөттэри перегоннааһын саҕаламмыта. Бастаан Америка базаларыттан, авиазаводтарыттан сөмөлүөттэри Грейт-Фолс (Монтана штата) куоракка аҕалан баран, Канаданы уҥуордаан Фэрбенкска (Аляска штата) дылы быһа холуйан 3000 километрга сөмөлүөтү Америка летчиктара көтүтэллэрэ. Биллэн турар, саҥа собуоттан тахсыбыт, бэрэбиэркэни ааһа илик көтөр ааллар саахалланаллара кэмнээх буолуо дуо. Ол да буоллар хорсун американскай летчиктар дуогабардаах эбэһээтэлистибэлэрин үтүө суобастаахтык толорбуттара. Фэрбенкска сэбиэскэй летчиктар тус-туспа идэлэринэн хайдыһан сөмөлүөттэри туталлара: бастакылар кузовын, иккистэр мотуорун, үһүстэр электросистематын, радиотын, сэбилэниитин уо.д.а. Туох эмэ дьиэги буллахтарына, Америка исписэлиистэрэ тута көннөрөн иһэллэрэ. Инженердэр тутан бүппүттэрин кэннэ, аны авиатехниктэр көтөргө бэлэмнииллэрэ. Дьэ, онтон Н.С.Васин хамандыырдаах бастакы перегоннааччы авиаполка ылара, сэбиэскэй летчиктар штурвалга олороллоро. Америкаттан аҕыйах инструктордар кэлсэллэрэ. Арааһынай күҥҥэ-дьылга уһуннук, тохтоло суох көтөллөрүгэр истребителлэргэ саппаас баах ыйыыллара, ол үрдүнэн көрүүчэйдэрэ баранан кыл мүччү кэлэллэрэ.
Бу трасса саамай ыарахан кэрчигэ Сеймчан – Дьокуускай этэ. Атыттарга тэҥнээтэххэ, наһаа уһуна суох – 1167 км эрээри, үксүн хайа үрдүнэн көтөллөрө. Черскэй, Дьааҥы сис хайаларын туорууллара, бүтэһигэр 400 км тайҕаны үрдүнэн көтөллөрө. Кыһын наһаа тымныы уонна туманнаах буолара, сайынын тыа баһаардара мэһэйдииллэрэ. 4000-5000 миэтэрэ үрдүгүнэн көтөн иһэн сороҕор кислороду тутталлара. Радионан сибээс мөлтөх этэ, приводной радиостанциялар кыамталара кыра буолара, ол иһин кылгас долгуннарга үлэлиир радиопеленгатордары тутталлара. Тумаҥҥа, буруоҕа аэропорка саахала суох тиийэллэригэр барыта бастакы сөмөлүөт штурманын уопутуттан, маастарыстыбатыттан тутулуктааҕа. Биирдии бөлөххө 3-9 диэри сөмөлүөт көтөрө, сороҕор 15-кэ тиийэ. 1944 сылга хаста да 20 буолан көппүттэр. Аан бастаан разведчигынан СИ-47 тырааныспар сөмөлүөтэ көтөрө, кини маршрут устун халлаан туругун биллэрэрэ. Бөлөх иннигэр Б-25, кини кэнниттэн килииннии анньан көтөллөрө, холуонна бүтэһигэр А-20 “Бостон” буолара. Перегоннуур летчиктар төннөллөрүгэр пассажир быһыытынан кэлэн сынньаналлара.
Уопсайа бу трассанан 3 сыл устата (1942 с. алтынньыттан 1945 с. алтынньытыгар диэри) 8094 араас тииптээх сөмөлүөтү аҕалбыттара. Бастакы бөлөх Дьокуускайга 1942 с. алтынньы 28 к. кэлэн түһэн ааспыта. Бастакы үс ыйга 114 сөмөлүөт аҕалыллыбыт. Ол иһигэр А-20 “Бостон”, Б-25 “Митчелл” 54 бомбардировщик, Р-40, Р-39 истребителлэр, байыаннай-тырааныспары тиэйэр уонна “Амфибия” сөмөлүөттэр бааллара. Красноярскайга истребителлэр кынаттарын устан баран, платформаҕа тиэйэн тимир суолунан фроҥҥа ыыталлара. Бомбардировщиктары фронтан кэлбит экипажтар ыланнар, көтөн тиийэн тута сэриигэ киирэллэрэ. Боекомплектара сэриигэ киирэргэ барыта толору кэлэрэ. Бомбардировщиктар уонна тырааныспар сөмөлүөттэрэ фроҥҥа диэри уопсайа 12-14 тыһыынча километры көтөн тиийэллэрэ.
Аляска – Сибиир салгын трассатыгар 1942 сыл күһүнүттэн 1943 сыл сааһыгар диэри Төҥүлү Сэгэлэй күөлэ (бөһүөлэк аннынааҕы) саппаас аэродром буолбута. МТС трактористара күөл мууһун катоктаабыттара уонна кыһыны быһа бу үлэни толорор эбээһинэһи Баишев Николай Матвеевичка сүктэрбиттэрэ. Күрдьүллүбүт муус тула харыйа лабааларын анньаннар бэлиэ оҥорбуттара. Сөмөлүөттэри Дьокуускай порда ылбатаҕына куораттан биллэрэллэрэ, оччоҕо мас чөмөхтөөн уматаллара. Летчиктар тумаҥҥа, хараҥаҕа онон сирдэтэн түһэллэрэ. Сороҕор хаар түстэҕинэ, эбэтэр туман наһаа хойуу буоллаҕына сөмөлүөттэр кыайан көппөккөлөр хаайтаран хас да хоноллоро, оччоҕо оскуола улахан кылааһын оҕолоругар мас саа туттаран баран, түүннэри сөмөлүөттэри харабыллаталлара, мууһу туора күрдьэҕинэн күттэрэллэрэ. Биирдэ Төҥүлүттэн чугас Ампаардаах диэн алааска сөмөлүөт саахалламмыт. Бу салгын трассатыгар сөмөлүөт саахалыгар уопсайа 121 киһи өлбүт.
Бу саппаас аэрдромҥа, наар киэһэ өттүгэр, сэттэлии-аҕыстыы сөмөлүөт тэҥинэн түһэн хонон ааспыт түбэлтэлэрэ баар. Түспүт сөмөлүөттэр аккумулятордара тоҥуо диэннэр, МТС гарааһыгар угаллар эбит. Гаражка турар цистернаттан көрүүчэйдэрин буочукаҕа кутан баран, сыарҕалаах оҕуска тиэйэн киллэрэн заправкалыыллара. Куораттан тахсыбыт порт үлэһиттэрин оскуолаҕа олохтообуттара, остолобуойга аһаталлара. Оччотооҕу остолобуой билигин АТС буолан турар дьиэ, онно МТС салайааччыларын кэргэттэрэ – нуучча дьахталлара үлэлииллэрэ. Эбэ соботунан хас да бүлүүдэ араас астары минньигэстик астыыллара. Американскай летчиктар ыт тириитэ унтуулаах, түүлээх капюшоннаах курткалаах, тирии ыстааннаах буолаллара үһү.
3 сыл иһигэр маннык тииптээх сөмөлүөттэри Сойууска аҕалбыттар:
бомбардировщик А-20 Бостон – 1330 сөмөлүөт;
бомбардировщик Б-25 Митчелл – 725 сөмөлүөт;
Кёртисс Р-40 Киттихаух истребителлэр – 43 сөмөлүөт;
Белл P-39 H-Аэрокобра истребителлэр – 2593 сөмөлүөт;
Белл Р-63 А-Кинг-Кобра – 2630 сөмөлүөт;
Р-47 истребителлэр – 3 сөмөлүөт;
үөрэх истребителлэрэ АТ-6 – 54 сөмөлүөт;
тырааныспарга С-47 – 705 сөмөлүөт;
тырааныспарга С-46 – 1 сөмөлүөт.
Сөмөлүөттэри перегоннааччы дивизия бу кэмҥэ 68140 көтүүнү оҥорбут, 252796 чаас көппүттэр, 724966 пассажиры, 14226,8 т таһаҕаһы уонна почтаны тиэйбиттэр. Бу салгын трассатынан 23037290 км көппүттэр.
Ити курдук, уоттаах сэрии инники кирбиититтэн кый ыраах сытар Төҥүлү Эбэ АХШ – ССРС Аляска – Сибиир салгын трассатын саппаас аэродрома буолан, сэриигэ быһаччы кыттыыны ылбыта.
И.Н.Тарабукин “Кыайыы көмүс көлөһүнэ” кинигэтиттэн. - Сайдам, 2005 с.