1923 сыл ахсынньы 21 күнүгэр М.К.Аммосов бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн ананыаҕыттан, бу тэрилтэ үлэтэ-хамнаһа төрдүттэн уларытан тэриллибитэ. Бэрэстэбиитэлистибэ састааба эрэ буолбакка, бэлитиичэскэй уонна тэрээһин үлэлэрин лииньийэтэ уларыйбыта. Бэрэстэбиитэлистибэ РСФСР уонна САССР бырабыыталыстыбаларын икки ардыларыгар бастайааннай бигэ сибээһи олохтуур устуруктуураҕа кубулуйбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ сыһыаннаах сокуоннар уонна быраап аахталарын бырайыактара, бэрэстэбиитэлистибэ кыттыылаах, киин уорганнарынан ырытыллан оҥоһуллаллара. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһа РСФСР туһааннаах уорганнарыгар киллэрэр бары этиилэрэ уоннаф көрдөһүүлэрэ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэнэн көмүскэнэрэ уонна чопчу аадырыһыгар тиэрдиллэрэ. Бэрэстэбиитэлистибэ дьарыктанар боппуруостарын эргимтэтэ сүрдээх киэҥ этэ: судаарыстыбаннай хапытаалы барыстаах усулуобуйаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ тардыы, соҕотуопкалыыр кээпэрээссийэни хааччыйыы, Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын интэриэстэрин араҥаччылааһын, аахсыйалааһын уонна эргиэн бэлиитикэтэ, Халыматааҕы эспэдьииссийэлэр, хайа дьыалатын сайыннарыы уо.д.а. боппуруостар тураллара.
Норуоту өрө күүрдэн
Өрөспүүбүлүкэ эдэр салайааччылара (Ойуунускай - 29, Аммосов – 25, Барахов – 24 саастаахтара), автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылыы, Саха сирэ экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй уонна духуобунай саҥалыы сайдыытыгар модун төһүү буоларын үчүгэйдик өйдүүллэрэ. Ону тэҥэ, бу дьиҥнээхтик уларыта тутуу саҕаланыыта эрэ буоларыгар эмиэ саарбахтаабаттара.
Ол сылларга Гражданскай сэрииттэн эмсэҕэлээбит норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ, социалистическай тутулга көһүүгэ, Саха сирин норуоттарын култуураларын үөскэтиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ акылааты түһэриигэ, норуот күүһүн түмэргэ киэҥ далааһыннаах тэрээһин үлэ ыытыллыбыта. Автономнай өрөспүүбүлүкэ тэриллибит бастакы күннэриттэн, судаарыстыбаннас акылаатынан буолуохтаах бырамыысыланнаһы үөскэтии кууруһа тутуһуллубута.
Сири туһаныы урукку кылаастаах систиэмэтин тобохторо суох оҥоһуллубуттара, сири үллэрии сиэрдээх нуормалара олохтоммуттара, ол түмүгэр тыа хаһаайыстыбатыгар үлэ саҥалыы сыһыаннара үөскээбиттэрэ. Бастакы национальнай бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ П.А.Ойуунускай маннык тутаах соругу туруорбута: «…үлэлээн иитиллээччилэри экэнэмиичэскэй босхолооһун уонна норуоту духуобунай босхолооһун буолуохтаах. Судаарыстыбаннай уорганнар бүттүүн систиэмэлэрэ ити соруктары быһаарыыга үлэлиэхтээхтэр. Сокуонунан уонна быраап аахталарынан чуолкайдык быһаарыллыбыт төрүттэргэ олоҕуран», - диэн этиллибитэ. П.А.Ойуунускай маны бэйэтиттэн эбэн эппит буолбатах. Киин былаас ыйар лииньийэтэ этэ.
Национальнай интэлигиэнсийэҕэ бастаан иллээх сыһыан баара
Оччолорго «коренизация» диэн тиэрмин үөскээн сылдьыбыта. Ити тыл аан бастаан РК(б)П X сийиэһигэр этиллибитэ. «Төрүт олохтоох нэһилиэнньэттэн олохтоох каадыры үүннэрии» диэн өйдөбүлгэ туттуллубута. Бүттүүн саҥалыы уларытан тутууну ыытарга, онно нэһилиэнньэ сүрүн маассатын тардарга, салайар аппарааты үөскэтэргэ, Сэбиэскэй былаас национальнай интэлигиэнсийэни бэйэтигэр тардыбакка эрэ, ити соругун олоххо киллэрэр кыаҕа суоҕа.
Эдэр өрөспүүбүлүкэ автономияны биллэриэҕиттэн, тутатына кэриэтэ национальнай интэлигиэнсийэни өйүүр бэлиитикэни ыытан барбыта. Оттон ол кэмҥэ 20-с сыллардааҕы уустук уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй быһыы-майгы оннун-тойун булуо өссө да ыраах этэ. Саха интэлигиэнсийэтин эйэлээх олоххо дьулуһуулаах сорҕото Сэбиэскэй былааһы ылыммыта, өссө сорохторо хомунньуус баартыйатыгар киирбиттэрэ, араас эйгэҕэ үлэҕэ тардыллыбыттара. Ити барыта өрөспүүбүлүкэ салалтата ыытан кэлбит гуманнай национальнай бэлиитикэтин түмүгэр ситиһиллибитэ. Итини бигэргэтэргэ, Саха күбүөрүнэтин өрөпкүөмэ национальнай интэлигиэнсийэҕэ туһаайан, 1921 сыл ахсынньы 16 күнүгэр ылыммыт уурааҕар, М.К.Аммосов 1922 сыл от ыйыгар бэчээттэммит интэлигиэнсийэҕэ аһаҕас суругар, 1922 сыллаахха тэриллибит саха интэлигиэнсийэтин икки мунньаҕын матырыйаалларыгар сигэниэххэ сөп.
Сахатытыы бэлиитикэтэ
«Төрүттэниини» таһынан, «сахатытыы» бэлиитикэтэ олохтоммута. 1922 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр САССР НХС уурааҕынан, сахатын оҕото баһыйар ахсааннаах бары бастакы сүһүөх оскуолаларга, үөрэх бастакы сыла, саха тылынан ыытыллыахтааҕын туһунан быһаарыллыбыта. Иккис сылларын үөрэнэр, иккис сүһүөх оскуолалар сахалыы тылынан кэпсэтэр бары үөрэнээччилэригэр, саха тыла булгуччулаах биридимиэт буолара ыйыллыбыта. БСКСК (ВЦИК) Президиумун 1923 сыл кулун тутар 10 күнүнээҕи уурааҕынан, улуустардааҕы бары учреждениелар, өрөспүүбүлүкэ гражданнара саха тылынан суруйсаллара көҥүллэммитэ. 1926 сыллаахха ыытыллыбыт Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи IV сийиэстэрэ бигэргэппит САССР Конституциятын 20-с ыстатыйатыгар, саха тыла нуучча тылын кытта тэҥҥэ судаарыстыбаннай тылынан билиниллибитэ.
1923 сыл балаҕан ыйыгар БСКСК (ВЦИК) төрдүс сиэссийэтэ сахатытыы бэлиитикэтигэр көһөргө уураахтаабыта. Маннык бэлиитикэ дьыаланы саха тылынан оҥорууга көһөрү, бары дэкириэттэри, сокуоннар кодексаларын нууччалыыттан сахалыы тылбаастыыры, судаарыстыбаннай учреждениелар сахалыы суруйбат сулууспалаахтара кылгас кэм иһигэр үөрэнэллэрин ирдээбитэ. Саха тылын билиэн баҕарбат, үөрэнэртэн аккаастанар киһи үлэтиттэн ууратыллара. СКСК бары уокуруктардааҕы уонна улуустардааҕы ситэриилээх кэмитиэттэргэ сэбиэскэй үлэһиттэр саха тылын баһылааһыҥҥа таһымнарын аттестациялыыр хамыыһыйалары тэрийбитэ. Сахатытыы бэлиитикэтэ 1928 сылга диэри дьоһун суолталаах судаарыстыбаннай бэлиитикэнэн ааҕыллан кэлбитэ.
Устуоруйаҕа киирэр үлэни толорбут наука эспэдьииссийэтэ
Арассыыйа импиэрийэтин биир саамай хаалыылаах уонна кыраай олохтоох холуонньата судаарыстыбаннаһы үөскэтэн, социальнай уонна култуурунай сайдыы диэки дьулуһар кыахтаммыта. САССР НХС бэрэссэдээтэлэ М.К.Аммосов 1924 сыл муус устар 25 күнүгэр ССРС Наукатын акадьыамыйатыгар Саха сирин айылҕа-оҥоһуулаах күүстэрин чиничийэр наука эспэдьииссийэтин тэрийэр туһунан көрдөһүү түһэрбитэ. «Саха сирин экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй уонна култуурунай сүдү уларыйыылар көһүтэллэр, - диэн кини суруйбута. – Ол эрээри, саҥа олоҕу тутуох иннинэ, онуоха эрэллээхтик хардыылыыр туһуттан, Саха сирэ бэйэтин ааспытын, бүгүҥҥүтүн уонна, кылаабынайа, туохха тирэҕириэхтээҕин үчүгэйдик билиэхтээх. Оччотугар сайдыыга тиэрдэр эндирдээх суол кылгаан биэриэҕэ диэн эрэнэбин». Бу муударайдык толкуйдуур, толору сиппит-хоппут салайааччы тыллара буолаллар. 1925 -1931 сс. Саха сиригэр үлэлээбит Наука акадьыамыйатын эспэдьииссийэтэ олох-дьаһах, үлэ-хамнас элбэх эйгэлэрин хабан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Бу эспэдьииссийэ таһаарбыт сорох үлэлэрэ, суруйуулара, бэлиэтээһиннэрэ, түмүктээһиннэрэ күн бүгүн даҕаны суолталарын сүтэрэ иликтэр. Чахчы сүдү үлэ оҥоһуллубута!
Көмүс бырамыысыланнаһа уонна сахалар
20-с сылларга Алдан көмүһэ арыллан, өрөспүүбүлүкэҕэ көмүһү хостуур бырамыысыланнас төрүттэммитэ. 1925 сыллаахха Сойуус таһымнаах «Алданзолото» тириэс тэриллибитэ. Тириэс устаабын ырытан оҥорууга дьирээлэһиилээх түгэннэр үөскээн сылдьыбыттара. Тиһэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна кини Москватааҕы бэрэстэбиитэлин ыллыктаах, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх кэпсэтиилэрин түмүгэр, сыл аайы Саха АССР туһатыгар тириэс ыраас барыһыттан 10 %-ны анааһын туһунан устаап пууна киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэ салайааччылара Саха сирин соҕуруу өттүгэр бырамыысыланнай оройуону тэрийии, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбата бүттүүнүн сайдыытыгар күүстээх тирэх буолуоҕа диэн улахан эрэллээхтэрэ. Ону тэҥэ, дьоннорун-сэргэлэрин инникитин булгуччу саныыллара.
Ол да курдук буолбута. Алдан көмүһүгэр тастан дьон, үлэһит бөҕө кэлбитэ. 1939 сыллаахха Алдан уокуругар 53.3 тыһ. киһи олороро. 30-с сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэ иһигэр төрүт олохтоох нэһилиэнньэттэн, тэрээһиннээх хомуур быһыытынан, көмүс бырамыысыланнаһыгар дьону тардыы саҕаламмыта. 1933 сылга «Якутзолото» тириэс систиэмэтигэр 750 саха дьоно үлэлиирэ. Кинилэр ахсааннара 1937 сыллааҕы эрэпириэссийэ саҕаланыар диэри эбиллэ турбута. Алдан көмүһүгэр үлэлии тиийбит сахалар үтүөх-батаах, түбэһиэхчэ үлэҕэ сылдьыбатахтара. Шахтеруттан саҕалаан, наадалаах бары идэлэри баһылаан, кимтэн да хаалсыбакка үлэлээбиттэрэ. Прокопий Гуляев курдук Үлэ дьоруойа үүнэн тахсыбыта. Тириэс үрдүкү салалтатын састаабыгар хайа дьыалатыгар анал үрдүк үөрэхтээх саха дьоно боччумнаах миэстэлээх уонна оруоллаах этилэр. Онон, 30-с сыллартан сахалар бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэригэр хостуур бырамыысыланнаска күүстээх кыттыыны ылан испиттэрэ баара.
Саха сирин киин уонна Бүлүү сүнньүнээҕи оройуоннарын холкуостара көмүскэ үлэлиир дьону аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үөһэттэн түһэриллибит сорудахтаахтара. Ол түмүгэр тыа хаһаайыстыбатын уонна көмүс бырамыысыланнаһын икки ардыларыгар ырыынактыы сыһыан олохтоммута.
Терентий Ермолаев,
устуоруйа наукатын хандьытаата, ГЧИ наукаҕа үлэһитэ. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа олохтонуута уонна сайдыыта» монографиятыттан
Прокопий Иванов