Тохсунньу 18 күнүттэн дойду үрдүнэн Ленинград куорат былакаадаттан босхолонуутун 80 сылын бэлиэтиибит. Оттон сүрүн тэрээһиннэр тохсунньу 27 күнүгэр ыытыллыахтара. Устуоруйаҕа суруллубут чахчыларынан, 1944 с. тохсунньу 27 күнүгэр Ленинградтааҕы-Новгородскай эпэрээссийэҕэ Ленинград былакаадаттан толору босхоломмута. 872 күн усталаах кытаанах уһун тургутууну ааспыт куорат олохтоохторун хорсун быһыылара, эр санаалара, тулуурдара үйэлээх холобур буолар.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этэринэн, быйыл Ленинград куорат былакаадаттан босхолонуута дойду үрдүнэн, чуолаан эрэгийиэннэринэн, ураты таһымнаах, эппиэттээх сыһыаннаахтык бэлиэтэниэхтээх. «Иннибитигэр икки дьоһуннаах, устуоруйаҕа суолталаах бэлиэ түгэннэр буолаллар. 2023 сылга Ленинград куорат төгүрүйүүтүн үлтүрүтэн босхолонуута 80, оттон 2024 сылга  Ленинград куорат былакаадаттан букатыннаахтык босхолонуута 80 сылларын бэлиэтиибит»,–  диэн Владимир Путин чопчулуур. Ол курдук, тохсунньу 18 күнэ Аҕа дойду Улуу сэриитин летопиһыгар букатыннаахтык суруллубута. Чопчу бу күн, 80 сыл анараа өттүгэр, «Искра»  Ленинградтааҕы уонна Волховскайдааҕы фроннар Ленинград былакаадатын төгүрүйүүтүн үлтүрүтэн босхолобуттара.

Ленинград куорат былакаадата 1941 с. балаҕан ыйын 8 күнүттэн саҕаламмыта уонна 872 күн устата барбыта. Бу кэмҥэ 632 тыһ. тахса киһи хоргуйан өлбүтэ, оттон 17 тыһ. кэриҥэ гражданскай олохтоохтор буомбалааһыҥҥа түбэһэн суох буолбуттара. Төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн, фашистскай эрэсиим олохтоохтор эрэллэрин соппотоҕо. Ленинград олохтоохторун тулхадыйбат тулуурдара уонна куорат босхолоонуутун иһин охсуспут буойуттар ааттара устуоруйаҕа букатыннаахтык хаалыахтара.

Ленинград туһаайыытынан кыргыһыы Аҕа дойду Улуу сэриитин хаамыытыгар бэлитиичэскэй уонна байыаннай стратегическай суолтатынан сүҥкэн суолталаах буолбута. Ол курдук, фашистскай Германия үгүс байыаннай тиэхиникэтин, тыыннаах күүһүн түмэр, атын стратегическай хардыыларын олоххо киллэрэр кыаҕын сарбыйбыта, күүһүн-уоҕун өһүлбүтэ. Ийэ дойду, куорат туһугар норуот, олохтоохтор бүттүүн Кыһыл Аармыйаны кытары тулхадыйбат модун санааланан, күүһү-уоҕу биир сыалга түмэн, улууканнаах хорсун быһыыны, тулууру көрдөрбүттэрэ. Үгүс өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүттэрин, улахан аччыктааһыны, тоҥууну-хатыыны тулуйбуттарын таһынан, Ленинград куорат туһугар норуот фронугар бары кыттыбыттара, үгүстэр олохторун толук уурбуттара. Маннык сүдү түгэн саха норуота, биһиги чулуу дьоннорбут, буойуттарбыт, биир дойдулаахтарбыт, оччотооҕу байыаннай кэм сиэринэн быһаччы кыттыбыттарын туһунан устуоруйа чахчыларын үгүс кинигэлэргэ, ыспыраапкаларга, Ленинград былакаадатын, сэриитин кыттыылаахтарын ахтыыларыттан билэбит.

Ленинград былакаадатын кыттыылаахтарын, бэтэрээннэрин, оҕолорун, устуоруйа чахчыларын туһунан, биһиги бырайыакпытыгар, Якутия Помнит/Саха Сирэ умнубат саайт электроннай кинигэтигэр киирбит ааптарскай матырыйааллары, ыстатыйалары, истиҥ ахтыылары уонна кырдьыктаах кэпсээннэри билсиҥ, ааҕыҥ, сэргээн уонна үллэстиҥ.

Ытык дьоммут – аҕаларбыт, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит бойобуой суолларын, хорсун охсуһууларын, дьоһун олохторун ахтан-санаан, кэриэстээн, ытыктаан ааһыаҕыҥ.

 

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ