Норуотун өрүһүйбүтэ
Бөдөҥ бэлитиичэскэй уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха норуотун хоргуйууттан быыһаабыт Илья Егорович Винокуров туһунан «Арассыыйа – Мин устуоруйам» устуоруйа пааркатын сырдатар үлэҕэ уонна экскурсияҕа салаатын салайааччытын Виктор Борисович Борисовтыын кэпсэппиппин ааҕааччыбар тириэрдэбин.
-- Илья Егорович Винокуров Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, ас-үөл кырыымчыгын, аччыктааһыны туоратыыга сөптөөх дьаһаллары ыытан, саха норуотун хоргуйууттан быыһаабыта. Бу дойдубут устуоруйатыгар сүҥкэн оруоллаах киһи туһунан билиибит кырыымчык, тоҕо диэтэр, оскуолаҕа Саха Сирин устуоруйатын бырагырааматыгар кини туһунан үөрэппэппит. Кыраайы үөрэтээччилэр, устуоруктар, түмэл үлэһиттэрин лиэксийэлэриттэн эрэ интэриэһиргиир дьон билиэхтэрин сөп, - диэн кэпсээнин саҕалыыр Виктор Борисович.
Илья Егорович Винокуров Нам улууһун Куһаҕан Ыал (Хатыҥ Арыы) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Церковнай-приходской оскуолаҕа үөрэммитэ. Онтон хоту Лаптев муораларыгар баар Новосибирскай арыыларга баайга хамначчыттаабыта. Күндү түүлээҕи бултаабытыттан уонна балыктаабытыттан аҥарын баайга биэрэрэ.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолбутугар Илья Егорович бассабыыктары өйөөбүтэ, итиэннэ, 1921 с. Бүтүн Сойуустааҕы Хомуньуус баартыйатын чилиэнинэн буолбута. 1922 с. Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр өрө турааччылар үрүҥ этэрээттэрин үлтүрүтүүгэ кыттыбыта. Гражданскай сэрии кэнниттэн хомуньуус баартыйа ыытар куурустарыгар үөрэммитэ. Ол кэннэ төрөөбүт улууһугар, онтон Булуҥ уонна Бүлүү уокуруктарыгар араас салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ уонна өрөспүүбүлүкэ Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыга тиийэ үүммүтэ.
Тыылга хоргуйуу
-- 1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр фашистыы Германия Сэбиэскэй Сойууска сэриинэн саба түспүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин бастакы сылларыгар Сэбиэскэй аармыйа үгүс сүтүктэммитэ. Тыылга норуот Кыайыыны уһансыыга туруммута. Тыа хаһаайыстыбатын уонна бырамыысыланнас бородууксуйатын судаарыстыбаҕа туттарыы былаана хас да бүк улааппыта, тыылга үлэ күүһүрбүтэ. Маны сэргэ, Саха Сирин холкуостаахтарын олоҕо-дьаһаҕа ыараабыта. Тыылга бу курдук судургута суох балаһыанньаны 1939-1940 сс. саҕаламмыт сут-кураан өссө уустугурдубута. Боруоҥҥа наадалаах бородууксуйаны, былаан быһыытынан, судаарыстыба холкуостартан ылара. Оттон холкуостаахтар хамнастарын аһынан-үөлүнэн ылаллара, ол кээмэйэ боруоҥҥа төһө бородууксуйаны туттарбыттарыттан тутулуктааҕа. Биллэрин курдук, тыйыс айылҕалаах дойдуга тыа хаһаайыстыбата ночооттоох буолар. Ол курдук, ыһыллар үүнээйини үксүн хаһыҥнар, тоҥоруу эһэрэ, эбиитин, «оҕуһу кытта булуук» диэбиттии, үлэ мэхэньисээссийэтэ суох этэ. Маныаха, эр дьон боруоҥҥа ыҥырылланнар, тыылга хаалбыт кырдьаҕастар, дьахталлар уонна оҕолор ыарахан хара үлэни кыайаахтаабаттара биллэр. Барыта итинник түмүллэн, биллэн туран, көдьүүстээх үлэ тахсыбата. Онон, үлэ нуорматын толоруу иһин бэриллэр «хамнас» дьон сэниэлээх, чэгиэн буоларыгар сөптөөх аһы-үөлү биэрбэтэ. Мантан сылтаан, аччыктааһын олус түргэнник өрө турбута. Бастакынан кыайан үлэлээбэт кырдьаҕастар уонна кыра оҕолор хоргуйан өлбүттэрэ. Оччолорго оҕо уһуйааннара уонна кырдьаҕастар дьиэлэрэ диэн суоҕа, онон холкуостаахтар оҕолорун, кырдьаҕастарын дьиэлэригэр бэйэлэрин эрэ хааллараннар, үлэлии тахсаллара. Оскуола оҕолоро интэринээттэргэ аһыыр буоланнар, арыый да тулуктаспыттара. Сорох холкуостарга оҕуруот аһын үүннэрэллэрэ, оччолорго оҕуруот аһын нолуоктаабат этилэр, онон боруоҥҥа оҕуруот аһын туттарбаттара. Сэрии сылларын оҕолоро «хаппыыста миинэ минньигэс уонна чэриниилэ кытары тоҥор тымныы оскуолаҕа үөрэнэргэ сэниэ биэрэрэ» диэн ахталлар.
Архивист Наталья Степанова суруйарынан, хоргуйуу сэрии иннинэ саҕаламмыт уонна 1942 сыллаахха наһаалаабыт. Архыып көрдөрүүтүнэн, ордук Сунтаар уонна Ньурба улуустарыгар элбэх киһи аччыктаан өлбүт: 4 уонна 3,6 тыһыынча. Тэҥнээн көрдөххө, атын улуустарга аҕыйах киһи хоргуйбут. Оттон оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар холкуостарга дьон улаханнык аччыктаабатахтар. Үгүс киһитэ өлбүт, оттон ордон хаалбыттара үлэлиир кыахтара суох буолбут холкуос эстибитинэн ааҕыллара уонна сабан бараннар, атын холкуоска холбууллара. Холобура, Ньурба улууһун Токо нэһилиэгин холкуоһун II-с Бордоҥ нэһилиэгэр холбообуттара.
Саха Сирин үрдүнэн уопсайа 50-тан тахса тыһыынча киһи хоргуйан өлбүт. Бу көрдөрүү сэрии хонуутугар сүтүктээҕэр быдан элбэх. Маны таһынан, өлбүттэр ахсааннара 80-ча тыһыынчаҕа тиийэр диэн бэлиэтээһин баар. Маннык уратылаһар көрдөрүүлэр Саха Сирин тыылын алдьархайын чинчийии ситэтэ суоҕуттан тахсар. Билиҥҥэ диэри, архыып көрдөрүүлэригэр олоҕуран, олохтоохтук чинчийиллибит үлэ суох. Сэрии сылларыгар өлбүтү туоһулуур аакталарга «аччыктаан өлбүт» диэн суруйбаттара, ол оннугар «дьэҥкир ыарыыттан өлбүт» диэн суруйаллар эбит, о.э. быһаарыллыбатах ыарыыттан өлбүт диэн буолара. Маны учуоттаан, хоргуйан өлбүттэр ахсааннара архыып көрдөрүүлэриттэн быдан элбэх диэн сабаҕалыахха сөп.
Биир кэлим суһал дьаһаллар
-- Оччолорго Илья Егорович Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлиирэ уонна хоргуйуу курдук дьулаан быһыы тахсыбытын таах көрөн олорботоҕо. Ас-үөл кырыымчыгын, аччыктааһыны туоратар биир кэлим суһал дьаһаллары ыларга модьуйбута. Ол гынан баран, баартыйа Уобаластааҕы кэмитиэтин (обком) өттүттэн туох да миэрэ ылыллыбатаҕа. Санатан эттэххэ, оччолорго баартыйа бырабыыталыстыбаны салайар этэ. Бэл, обком 1-кы сэкирэтээрэ Ион Степаненко: «Дьон сибиинньэ иитиитинэн дьарыктаннын», - диэн хардарбыта биллэр. Санаан көрүҥ, бастатан туран, сибиинньэни тобохторунан аһаталлар, оттон аччыктааһын сылларыгар хантан тобох кэлиэй. Иккиһинэн, сахалар былыр-былыргыттан сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлара, онон нэһилиэнньэ улахан өттө сибиинньэ иитэр үөрүйэҕэ суоҕа. Степаненко итинник этэн баран, Чурапчы 4 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕун хоту Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ боруонт туһугар балыктата ыыппыта.
Илья Егорович туруорсуутугар обкомтан туох да харданы ылбакка, Иосиф Виссарионович Сталиҥҥа сурук суруйбута. Саха Сиригэр улахан хоргуйуу буолбутун, маныаха салалта сиэрэ суох быһыытын уонна ол түмүгэр саха норуота ынырыктаах охсууну ылбытын туһунан дакылааттаабыта. Сталин дьиҥнээх быһыыны-майгыны билсэн баран, салайааччылары - обком Степаненконы, совмин Муратовы дуоһунастарыттан уһулбута. Ол эрээри, бу сиэрэ суох дьон холуобунай эппиэккэ тардыллыбатахтара.
Сталин 1943 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр САССР Уобаластааҕы кэмитиэтин 1-кы сэкирэтээринэн Г.И. Масленниковы, оттон И.Е. Винокуровы Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн анаабыта. Илья Егорович дуоһунаһыгар киирээт ас-үөл кырыымчыгын, аччыктааһыны туоратар биир кэлим дьаһаллары олоххо киллэрбитинэн барбыта.
Бастатан туран, үлэ кэмигэр дьону итии аһылыгынан хааччыйбыттара. Бу иннинэ үлэһиттэри күҥҥэ лэппиэскэ аҥарынан уонна ыстакаан суоратынан эрэ аһаталлара.
Иккиһинэн, холкуостаахтар иэстэрин барытын соппуттара. Маны, билиҥҥи кэмҥэ, ипэтиэкэ хабалатыгар киирбит дьон иэһин соппукка тэҥниэххэ сөп. Дьиҥинэн, оччолорго боруоҥҥа нолуогу төлөөбөтөҕү, о.э. үлэ нуорматын толорботоҕу бэл түрмэҕэ хаайаллара. Санаан көрүҥ, хоргуйан өлөөрү сытаҥҥын хайдах байыаннай нолуогу төлүөххүнүй.
Үсүһүнэн, нэһилиэнньэҕэ бэриллэр бурдук (килиэп) нуорматын үрдэппиттэрэ.
Төрдүһүнэн, олус кыһалҕалаах дьоҥҥо биэрэргэ анаан Уопсастыбаннай саппаас пуондатын тэрийбиттэрэ.
Бэсиһинэн, холкуостартан дьон кэтэх хаһаайыстыбаларыгар биирдии ынаҕы биэрбиттэрэ. Ону сэргэ, сэллигинэн ыалдьар дьону эмтиир сыаллаах, ыанар биэлэри анаабыттара.
Бу курдук, Илья Егорович көдьүүстээх дьаһаллары ылбытын түмүгэр, 1943 сылга хоргуйуу намыраабыта уонна сэрии бүтүүтэ тохтообута.
Үөһээ этиллибити сэргэ, Илья Егорович күүс өттүнэн хоту көһөрүллүбүт Чурапчы олохтоохторун дойдуларыгар төнүннэрэр туһунан уурааҕы таһаартарбыта. Кини өҥөтүнэн, сэрии сылларыгар Саха Сиригэр бырамыысыланнас өрө тахсыыта 56 %-ҥа тиийбитэ. Оҥорон таһаарыы киэҥ далааһыннаммыта, оннооҕор испиискэни, таҥаһы, о.д.а. олоххо туттуллар араас малы-салы оҥорор буолбуттара. Боруонт туһугар булчуттар элбэх күндү түүлээҕи туттарбыттара, ол Сойуус үрдүнэн уопсай туттарыы биэс гыммыт бииригэр тэҥнэспитэ. Оҕолор эмиэ бултууллара, кинилэр бэйэлэрэ биригээдэ тэринэннэр, былааннарын улахан дьонтон итэҕэһэ суох, ардыгар ордук толороллоро. Илья Егорович дьон сүргэтин көтөҕөөрү ыһыахтары ыһар үтүө үгэһи сөргүппүтэ. Ол курдук, 1944 сылтан ыһыахтар ыытыллыбыттара. 1945 сыллаахха Улуу Кыайыыны сир аайы ыһыаҕынан айхаллаабыттара. Бу барыта Илья Егорович дьон туһугар туруулаһыытынан ситиһиллибитэ, этэргэ дылы, тот киһи үчүгэйдик үлэлиир уонна көхтөөх буолар буоллаҕа эбээт. Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин сөптөөхтүк сыаналаан, кини киллэрбит кылаатын билинэн, салайар талаанын учуоттаан, 1946 сылтан кинини Саха АССР Уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаабыттара. Илья Егорович сэрии кэнниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тиһигин сайыннарыыга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Оччолорго кини суоҕа буоллар
-- Соторутааҕыта оскуола үөрэнээччилэригэр И.Е. Винокуров туһунан онлайн-уруок ыыппытым. Ол уруокпун 99 үөрэнээччи истибитэ, олортон биир да оҕо «И.Е. Винокуров паамытынньыга Дьокуускайга ханан турарый?» диэн ыйытыыга сөптөөх хоруйу биэрбэтэ. Бу олус хомолтолоох, тоҕо диэтэр, Илья Егорович ити оҕолортон ким эрэ хос эһэтин, хос эбэтин, ол иһигэр мин дьоммун өлүүттэн быыһаабыта. Кини оччолорго суоҕа буоллар, мин билигин маны кэпсии олоруом суоҕа этэ. Түмүкпэр, дьон-сэргэ бэйэлэрин дьоруойдарын умнубаттарыгар, кэриэстииллэригэр баҕарабын, - диэн кэпсээнин түмүктээтэ Виктор Борисович.
Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY